Ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ Саха сирин тыаларыгар салҕанар — 17 июля 2026 г. в 07:46:34.822
Ыксаллаах быһыы-майгы эрэһиимэ Саха сирин тыаларыгар салҕанар Ааспыт сууккаҕа Алдан оройуонугар 39 иэннээх биир саҥа ойуур баһаара бэлиэтэннэ. Кэбээйи, Таатта, Нүөрүҥгүрү оройуоннарыгар 170-ча га иэннээх үс баһаары умуруордулар. Күн саҕаланыытыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайа 43 243 га иэннээх 33 ойуур баһаара умайа турар. Бу баһаардартан 12-гэр баһаары умуруоруу үлэтэ ыытыллар. Уоту утары уопсайа 390 киһи уонна алта тиэхиньикэ үлэлиир. 17 муниципальнай оройуоҥҥа уонна Дьокуускай куорат уокуругар баһаары утары эрэһиим турар.

