🥛Үүт былаана 65% туолла — 7 августа 2026 г. в 10:19:41.897
🥛Үүт былаана 65% туолла Өрөспүүбүлүкэҕэ үрүҥ илгэни үрүлүтүү тэтимнээхтик бара турар. Атырдьах ыйын 6 күнүнээҕи дааннайынан 35 503,39 туонна үүтү ыабыттар, ол эбэтэр сыллааҕы былаан 65% туолбут. Былырыыҥҥы бу кэми кытта тэҥнээтэххэ, 9,47 туоннанан элбэх. Үүтү бэлэмнээһиҥҥэ үрдүк көрдөрүүлээхтэринэн Чурапчы (87,1%), Нам (84,7%), Мииринэй (84,4%), Кэбээйи (77,3%), Лиэнскэй (76,1%), Өлүөхүмэ (74,9%), Сунтаар (71,6%), Горнай (70,4%) оройуоннара буоллулар.

