«Полярные авиалинии» авиабилиэттэргэ чэпчэтиини киллэрэр — 4 сентября 2026 г. в 06:59:53.757
«Полярные авиалинии» авиабилиэттэргэ чэпчэтиини киллэрэр «Полярные авиалинии» авиахампаанньа алтынньы 25 күнүттэн пассажирдар сорох категорияларыгар үлэлиир тарифтартан 10% чэпчэтиини киллэрэр. Чэпчэтии авиакомпания регулярнай уонна эбии рейстэригэр тарҕанар. Чэпчэтииннэн 60-тан үөһэ саастаах эр дьон, 55-тэн саастаах дьахталлар, ону таһынан 12-тэн 23-гэр диэри саастаах гражданнар туһаныахтарын сөп. Билиэти атыылаһыыга пассажир тус бэйэтин туоһулуур докумуон оригиналын көрдөрүөхтээх: РФ гражданинын пааспара, 14 сааһыгар диэри оҕолорго — төрөөбүт туһунан туоһу сурук.

