Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ 63 тыһыынчаттан тахса туонна хортуоппуйу хомуйдулар
Саха сиригэр бүгүҥҥү күҥҥэ 63 тыһыынчаттан тахса туонна хортуоппуйу хомуйдулар Саха сиригэр хомуур үлэтэ бүтэр түһүмэххэ тиийдэ. Суһал дааннайдарынан, алтынньы 5 күнүнээҕи туругунан, хаһаайыстыбалар 63 429 туонна хортуоппуйу (былаантан 83%), арыллыбыт уонна сабыылаах буорга үүнэр 21 802 туонна оҕуруот аһын (75%) хомуйдулар. 8 470 га бурдук сирэ хомулунна, уопсай хомуур 7 883 туоннаҕа тэҥнэһэр (былаантан 56%). Бу туһунан СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэр. От бэлэмнээһинин былаана 96% туолла: былааннаммыт 410 400 туоннаттан 394 483 туонна от бэлэмнэннэ. 29 136 туонна сиилэс (былаантан 97%) уонна 11 582 туонна сенаж (былаантан 78%) уурулунна. Хаартыска: Мария Архипова/«Якутия 24» https://nvk-online.ru/saha-siriger-b-g-k-e-63-ty-yynchattan-tahsa-tuonna-hortuoppuju-homujdular/