СВО бэтэрээннэрин Ассоциациятын чилиэттэрэ мобильнай байыаннай бөлөхтөргө киирэллэр
СВО бэтэрээннэрин Ассоциациятын чилиэттэрэ мобильнай байыаннай бөлөхтөргө киирэллэр СВО бэтэрээннэрин Ассоциациятын чилиэттэрэ мобильнай байыаннай бөлөхтөргө киирээри хантыраак түһэристилэр. Сорохтор үөрэтэр сбордартан номнуо кэлбиттэр уонна сотору регион тыын суолталаах эбийиэктэрин көмүскээн саҕалыахтара. Бу туһунан бэрэссэдээтэл Сулустан Заболоцкий брифиҥҥэ иһитиннэрдэ. «Билиҥҥи кэмҥэ СВО бэтэрээннэрин Ассоциациятын чилиэттэрэ араас тэрээһини ыыттылар. Ону тэҥэ «Патриот» ыччат киинигэр СВО бэтэрээннэрэ биир улахан сбор түмсүбүттэрэ», – диэн Заболоцкий кэпсээтэ. Санатар буоллахха, мобильнай байыаннай бөлөхтөрү (МОГ) олоххо-дьаһахха тыын суолталаах эбийиэктэри харыстыырга бүтүн Россиятааҕы бэлэмнэнии иитинэн тэрийбиттэрэ. Бөлөх мобилизационнай резервэтигэр киириэн баҕалаах дьон хантыраак түһэрсэр туһунан олохтоох байыаннай комиссариаттан билсиэххэ сөп.