Омук көмүскэлэ, эрэлэ –дьиэ кэргэн — 9 июля 2026 г. в 05:44:11.548
Омук көмүскэлэ, эрэлэ –дьиэ кэргэн «... Олоҕум тиhэх мүнүүтэтигэр эн ааккын ааттаан, эйиэхэ эрэ эрэнэн бу Орто дойдуттан баран эрдэҕим… Петя, туох да диэ, баҕар үɵх, баҕар кыраа… Мин сүрэхпэр таптал уотун умаппыт, ол уотунан угуттаан ɵр сылларга олох олорорго күүс-уох биэрбит – эн эрэ. Эйигин таптыырым күүhүнэн ɵссɵ да олох олоруом, оҕобун атаҕар туруоруом эбитэ буолуо да, дьылҕа-хаан кытаанах ...” - олохтоохтор кэпсээни чуумпуран, долгуйуулааах түгэннэргэ саҥа таһааран, болҕойон иһиттилэр ... От ыйын 8 кунугэр Бүтүн Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнэ бэлиэтэнэр. Бырааһынньык 2008 сылтан бэлиэтэнэр буолбута. Бигэ туруктаах, дьоллоох дьиэ кэргэн – таптал, үтүө санаа уонна кыһамньы биһигэ, модун уонна дьоллоох дойду бөҕө тирэҕэ буолар. Бу күн Ф.Г.Сафронов аатынан киин бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ В.А. Петрова аатынан Ньурбатааҕы кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр интэринээт дьиэтигэр ыалдьыттаатылар. Сиһилии манна ааҕыҥ ⬇️⬇️⬇️ https://lib.nrbr.ru/omuk-k%d3%a9m%d2%afskele-erele-die-kergen

