Дьиэ кэргэн — олох тирэҕэ: «Кыыс, дьахтар, ийэ анала туохханый?» бырайыак иһинэн көрсүһүү — 9 июля 2026 г. в 02:18:24.667
Дьиэ кэргэн — олох тирэҕэ: «Кыыс, дьахтар, ийэ анала туохханый?» бырайыак иһинэн көрсүһүү От ыйын 8 күнүгэр — дойдубут Президенин уурааҕынан 2022 сылтан ыла "Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнэ" бэлиэтэнэр үтүө бырааһынньык. Бу күн дьиэ кэргэн сыаннастарын, тапталы уонна бэйэ-бэйэҕэ эрэллээх буолууну өрө тутабыт. Оҕо уонна ыччат библиотекатын иһинэн саҕаламмыт «Кыыс, дьахтар, ийэ анала туохханый?» диэн саҥа бырайыак бу бэлиэ күнү көрсө ураты хабааннаах тэрээһини ыытта. Бу бырайыак сыала-соруга — дьахтар дьоҥҥо-сэргэҕэ туох суолталааҕын, ийэ, кэргэн, үлэһит быһыытынан кини күннээҕи олоҕун, дьоҕурун уонна ис кыаҕын арыйыы буолар. Бырайыак иккис ыалдьытынан элбэх сатабыллаах биир дойдулаахпыт — спортсменка, блогер, ырыаһыт, стендапер, пранкер уонна эдэр ийэ Анастасия Меркурьевна Обоева буолла. Кини — эдэр эрчимнээх, күүстээх санаалаах, олоххо көхтөөх эдэр ийэ холобура. Тэрээһин сүрүн сыала — Анастасияны киэҥ эйгэҕэ, дьиэ кэргэн иһигэр ийэ быһыытынан, оҕотун иитиигэ хайдах курдук болҕомтолоохтук сыһыаннаһарын арыйыы буолла. Сиһилии бу сигэнэн ааҕыҥ ⬇️⬇️⬇️ https://lib.nrbr.ru/die-kergen-oloh-tire%d2%95e-kyys-dahtar-ije-anala-tuohhanyj-byrajyak-i%d2%bbinen-k%d3%a9rs%d2%af%d2%bb%d2%af%d2%af-ot-yjyn-8-k%d2%afn%d2%afger-dojdubut-prezide

