Аҕыйах хонуктааҕыта ДИПИ олохтооҕо Георгий Федоров дойдутугар Үөһээ Бүлүүгэ күүлэйдээн ... — 6 июля 2026 г. в 11:36:44.354
Аҕыйах хонуктааҕыта ДИПИ олохтооҕо Георгий Федоров дойдутугар Үөһээ Бүлүүгэ күүлэйдээн кэлбитэ. Төрүт сириттэн күүс-уох эбинэн, сэргэхсийэн, эбиитин сүүрбэ кус кэһиилээх кэлэн доҕотторун үөртэ. Георгий кэлээт салалтаҕа киирэн кус миинин буһаттаран биир дойдулаахтарын күндүлүөн баҕарарын биллэрбитэ. Сүбэһит быһыытынан В.И.Христофорованы илдьэ сылдьан тута куһу ким үргээн бэлэмниирин, хаһан астанарын, хаска ханна мииннэрин иһэллэрин барытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ быһаарсан тахсыбыта. Тэрээһин үлэҕэ медсиэстэрэ Афанасьева Е.Н. сыһыарарга сөбүлэҥин ылбыттара. Хор, дьону күндүлүүр эмиэ элбэх хамсаныыны ирдиир. Остолобуойдар бэртээхэйдик буһарбыт мииннэрин амсайарга биир дойдулаахтарын эрэ буолбакка интэринээт=дьиэ бэтэрээннэрин, туруу үлэһит уолаттарын ыҥыран Георгий дьон биһирэбилин ылла. Онон Үлэһит Киһи дьоро киэһэтэ биһиэхэ буолла! Махтал, Георгий! Махтал, остолобуой үлэһиттэригэр! #дойдуаһа #үлэһитдьон #новостиДИПИ

