«Дыгын оонньууларыгар» биһиги улууспут аатын мадьыныларбыт Павел Друзьянов уонна Юрий К... — 29 июня 2026 г. в 00:50:06.021
«Дыгын оонньууларыгар» биһиги улууспут аатын мадьыныларбыт Павел Друзьянов уонна Юрий Копырин чиэстээхтик көмүскээтилэр. Уолаттарбын күрэх иннинэ көрсөн кэпсэтэн, бэйэм алгыс тылбын анаабытым. Оонньуулар этэҥҥэ түмүктэнэн, биһиги мадьыныбыт Павел Друзьянов үһүс миэстэни ылан, боруонса мэтээл хаһаайынынан буолан үөрүүбүтүн өссө үрдэттэ. Уолбутун тус бэйэм, салалта уонна улуус олохтоохторун аатыттан ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин! Күүстээх дьарыгы, санааны эрэйэр саха дэгит көрүҥнэригэр биир дойдулаахтарбыт киллэрсэр кылааккытын сыаналыыбын, киэн туттабын! Байбал эйиэхэ кыайыы, ситиһии кэлэ турарыгар, оттон Юрийга эдэр киһиэхэ эйиэхэ туох барыта иннигэр диэн этэбин!

