🌿🌿🌿Сайын саҕаланыаҕыттан ардах күүскэ түһэн, сир-дойду тот сытар буолан, быйыл уу-ха... — 3 июня 2026 г. в 13:46:38.208
🌿🌿🌿Сайын саҕаланыаҕыттан ардах күүскэ түһэн, сир-дойду тот сытар буолан, быйыл уу-хаар олус элбэх. Бу кэмҥэ Сунтаар улууһугар улахан үбүлүөйдээх ыһыахха бэлэмнэнии үлэтэ күн-түүн таһаарыылаахтык ыытыллар. Сүрүн болҕомто сынньалаҥ пааркатыгар ууну ыытыыга уонна сири куурдууга ууруллар. Бүгүн бу суолталаах үлэҕэ баһаарынай сулууспа байыастара үлэлээтилэр. Ыһыах кэмигэр кэлбит ыалдьыттар уонна олохтоохтор кураанах, ыраас сиргэ тоҕуоруһа мустуохтара. PS: паарка толору уу, хайдах ыһыахтыыбыт диэн долгуйумаҥ🙌 манна анал эппиэтинэстээх тэрилтэ үлэлиир. _Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата_

