Ытыктабыллаах Сунтаар улууһун дьиэ кэргэттэрэ! — 7 июля 2026 г. в 22:46:37.979
Ытыктабыллаах Сунтаар улууһун дьиэ кэргэттэрэ! Бука барыгытын от ыйын 8 күнүгэр бэлиэтэнэр Таптал, Дьиэ кэргэн уонна Бэриниилээх буолуу күнүнэн (День семьи, любви и верности) Сунтаар улууһун дьаһалтатын, улуус депутаттарын Сэбиэтин уонна тус бэйэбит ааппытыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Дьиэ кэргэн – бу хас биирдии киһи олоҕун сүрүн тирэҕэ, баайа-дуола, таптал уонна өйөһүү түҥ былыргыттан бэриллэр ытык иитиллэр сирэ. Дьиэ кэргэн күүстээх буоллаҕына, дойдубут эмиэ күүстээх буолар. Оҕолорбут эйэлээх дьиэ кэргэҥҥэ улааталлара – биһиги кэлэр кэскилбит бигэ туруктаах буоларыгар сүрүн оруолу оонньуур. Дьиэ кэргэн эйгэтигэр оҕо тапталы билэргэ, киһини ытыктыырга, үлэни сыаналыырга, эппиэтинэстээх буоларга үөрэнэр. Бу дьоро күҥҥэ Тапталга, Дьиэ кэргэӈӈэ бэриниилээх буолуу холобурунан улууспут Ытык ыалларын ааттыыбыт. Кинилэр уһун кэмнээх ыраас тапталлара, ытык кэскиллээх олохторо, үтүө үгэстэрэ биһиэхэ куруук холобур буолар. Күндү дьиэ кэргэттэр! Эһиэхэ барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны, уһун, эйэлээх олоҕу, дьолу-соргуну, дьиэ кэргэҥҥитигэр таптал уонна өйдөһүү үйэлээх буоларын баҕарабыт! Сунтаар улууһун баһылыга А.В.Григорьев Улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ У.Д.Попова

