Ытыктабыллаах Василий Васильевич!
Ытыктабыллаах Василий Васильевич! Эйигин, РФ үрдүк үөрэхтээһинин Бочуоттаах үлэһитин, СӨ билимин үтүөлээх диэйэтэлин, тыл үөрэҕин билимин дуоктарын, бэрэпиэссэри, П.А.Ойуунускай аатынан бириэмийэ лауреатын, «Гражданскай килбиэн" бэлиэ, "Учууталлар Учууталлара" бэлиэ туһааннаахтарын, Сунтаар, Дьааҥы улуустарын Бочуоттаах олохтооҕун, Күүкэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕун, Кыргызстан Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгунун, 80 сааскын туолбут өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн "Сунтаар улууһа (оройуона)" муниципальнай оройуон дьаһалтатын, улуус (оройуон) дьокутааттарын Сэбиэтин уонна тус бэйэбит ааппытыттан истиҥник эҕэрдэлиибит! Василий Васильевич, эн төрөөбүт улууһуҥ сүдү талааннаахтарын, олоҥхону уонна олоҥхоһуттары чинчийээччи, үөрэтээччи, үйэтитээччи, тарҕатааччы буолаҥҥын, фольклорист, кыыһыҥ дассыан Туяра Васильевнаны кытта биир дойдулаахтарбыт үтүө ааттарын, олорбут олохторун, үлэлэрин үйэтитэргитин сыаналыыбыт уонна барҕа махталбытын тиэрдэбит! Күндү Василий Васильевич! Бу үбүлүөй күннээҕи үөрүүгүтүн тэҥҥэ үллэстэбит уонна Эйиэхэ чэгиэн доруобуйаны, айар үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри, дьолу-соргуну баҕарабыт. Дьиэ кэргэҥҥит амарах санаата, чугас дьоҥҥут өйөбүлэ сылааһынан угуттаатын, күүскүтүгэр күүс, сэниэҕитигэр сэниэ эптин диэн иһирэх алгыспытын ыытабыт. Сунтаар улууһун баһылыга А.В.Григорьев Улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ У.Д. Попова