*Сунтаар Эбэ мааны сиригэр түөлбэлэр 10 сыллаах үбүлүөйдэрэ!* — 6 июня 2026 г. в 13:15:33.050
*Сунтаар Эбэ мааны сиригэр түөлбэлэр 10 сыллаах үбүлүөйдэрэ!* 🌿🌿🌿Сунтаар нэһилиэгэр түөлбэлэр төрүттэммиттэрэ 10 сылын бэлиэтиир улахан тэрээһин олус үрдүк таһымнаахтык уонна көхтөөхтүк тэрилиннэ. Бу үөрүүлээх күн Сунтаар Эбэ мааны сиригэр эдэриттэн эмэнигэр тиийэ, дьон-сэргэ тоҕуоруһа түмсэн ыһыах ыстылар, өбүгэ үгэһинэн уруй-айхал тулааһыннаах тэрээһини өрө туттулар. Бу күн ураты түгэнинэн «Туску» түөлбэ олохтоохторо граҥҥа кыттан кыайыылаах тахсыбыт үлэлэрин түмүгэ буолла. Кинилэр бу бырайыак көмөтүнэн кэнсиэртиир сыананы тутан үөрүүлээх быһыыга-майгыга арыйдылар. Санатан эттэххэ, бу сиргэ эмиэ түөлбэ сыратынан, дьон сынньанарыгар анаан 10 ураты беседка тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Бу улахан үлэҕэ бэйэлэрин илиилэрин сыһыаран, «Партизан» култуура киинин үлэһиттэрэ 10 улахан остуолу уонна 20 ыскамыайаны оҥорон туруордулар. Онон сынньалаҥ түһүлгэтэ толору хааччыллан дьон-сэргэ дуоһуйа сынньанарыгар табыгастаах буолан биэрдэ. Үбүлүөйдээх түһүлгэ арыллыытыгар Сунтаар улууһун баһылыга Анатолий Григорьев кыттыыны ылла. Кини олохтоохтору уонна түөлбэ көхтөөх үлэһиттэрин ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлээтэ. Түөлбэ олоҕун тупсарыыга, уопсастыба үлэтигэр сыраларын уура сылдьар бастыҥ, актыбыыс олохтоохторго бэйэтин барҕа махталын тиэрдэн туран, Махтал суруктары үөрүүлээхтик туттарда. Тэрээһин устата олохтоох дьаһалта үлэһиттэрэ ураты тэрийиилээхтик үлэлээтилэр. Кинилэр кэлбит ыалдьыттары, олохтоохтору сахалыы аһынан — улахан оллооҥҥо өрүллүбүт кус, ис уонна эт сылаас миининэн толору күндүлээтилэр. Үбүлүөйдээх тэрээһиҥҥэ сытыы, тыҥааһыннаах араас күрэхтэр өрө көтөҕүллүүлээхтик ыытылыннылар. Бу курдук түөлбэлэр 10 сыллаах үбүлүөйдэрэ Сунтаар сиригэр сомоҕолоһуу, сайдыы уонна инникигэ эрэллээх хардыы бэлиэтэ буолан өйдөнөн хаалла. _Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата_

