Бүгүн Саха сиригэр Оһуохай күнэ бэлиэтэнэр — 25 мая 2026 г. в 00:46:52.035
Бүгүн Саха сиригэр Оһуохай күнэ бэлиэтэнэр Ыам ыйын 25 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ Оһуохай күнүн быйыл иккис төгүлүн бэлиэтиибит. Бу бэлиэ күн 2023 сыллаахха Ил Дархан Айсен Николаев балаҕан ыйын 7 күнүнээҕи ыйааҕынан биллэриллибитэ. Оһуохай — Айыылары кытта ситимниир, үрүҥ күҥҥэ сүгүрүйэр сахалар төрүт үҥкүүлэрэ. Күн бүгүҥҥэ диэри күн эргииринэн төгүрүччү тутуһан хаамсан, самаан сайыны уруйдаан-айхаллаан көрсөбүт. Оһуохай — сиэри-туому кытта ыкса ситимнээх, сахалары арчылыыр, араҥаччылыыр, сомоҕолуур суолталаах өбүгэлэрбититтэн кэлбит үгэс. Самаан сайын кэлиитинэн, Оһуохайбыт күнүнэн, Сахабыт сирин олохтоохторугар туох баар бу күн сиригэр кэрэни, сырдыгы баҕарабыт! Сахалар бу уустук кэмнэргэ төрүт үгэспитин, култуурабытын умнумуоҕуҥ, сомоҕолоох, түмсүүлээх буолуоҕуҥ! Оһуохайбыт үйэлэргэ дуорайдын!

