Управление культуры и духовного развития МР «Хангаласский улус»
Новости · 29 июня 2026 г.
Хаҥалас улууһун Улахан-Аан нэһилиэгэр, Бэс ыйын 28 күнүгэр уол оҕолорго аналлаах "Саха ... — 29 июня 2026 г. в 00:07:01.839
Хаҥалас улууһун Улахан-Аан нэһилиэгэр, Бэс ыйын 28 күнүгэр уол оҕолорго аналлаах "Саха Боотур"сайыҥҥы уһуйаан үлэтин саҕалаата. Уһуйааны үһүс сылын Улахан-Аантан төрүттээх, Аан дойду Каратэҕа чемпиона, СВО кыттыылааҕа Андрей Юльевич Артамонов иилээн- саҕалаан үлэлэтэр. Уһуйаан үөрүүлээх арыллыытыгар, Улахан-Аан "Ытык Очуос" хайатыгар хотой бэлиэлээх сэргэ туруоруутун сиэрэ-туома ыытылынна. Сэргэни оҥордо Улахан-Аан олохтооҕо Максимов В.С. Уһуйааҥҥа барыта үс хамаанда уолаттара Тааттан, Дьокуускайтан, Хаҥаластан тэриллэн "Ампаардаах"алааһыгар "Ытык Очуостан" хомуллан, сатыы туруннулар. #КультураХаналас

