«Таатта» түмэл — биһиги киэн туттуубут, улууспут духуобунай сайдыытын, баай историятын ...
«Таатта» түмэл — биһиги киэн туттуубут, улууспут духуобунай сайдыытын, баай историятын уонна литературатын киинэ - төрүттэммитэ 25 сыла! Үйэ чиэппэрин устата саха норуотун саарыннарын, ытык дьоммут олохторун, айар үлэлэрин үйэтитэр, кэнчээри ыччакка тиэрдэр сүҥкэн суолталаах миссияны чиэстээхтик толоро сылдьаргытынан педагогическай түмсүү түмэл коллективыгар барҕа махталын тиэрдэр. Үөрэх эйгэтин кытары ыкса ситимнээхтик үлэлииргит биһиги улууспут сайдыытыгар олус суолталаах. Оскуола оҕолорун патриотическай тыыҥҥа иитиигэ, төрөөбүт тылга тапталы иҥэриигэ эһиги үлэҕит улахан оруоллаах. Кыраайы үөрэтэр үлэни ситимнээн, үүнэр көлүөнэҕэ Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу холобурун көрдөрөҕүт. Эһиэхэ, түмэл бары үлэһиттэригэр, айар-тутар күүһү, саҥаттан саҥа арыйыылары, үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри баҕарабын! Түмэлгит аартыга мэлдьи сырдык, аана өрүү аһаҕас буоллун! Бар дьоҥҥут махталын, тапталын ыла туруҥ!