Бииргэ алтыһар, биир идэлээхтэрбин,култуура эйгэтин бары үлэһиттэрин, ытык-мааны бэтэрэ... — 1 мая 2026 г. в 06:19:37.551
Бииргэ алтыһар, биир идэлээхтэрбин,култуура эйгэтин бары үлэһиттэрин, ытык-мааны бэтэрээннэрбитин Ыам ыйын 1 күнүнэн – Үлэ уонна Саас бырааһынньыгынан эҕэрдэлиибин! Бу күн биһиги дьаныардаах үлэлэринэн, сатабылларынан, талааннарынан – олоҕу тупсарарга дьулуһар ытык-мааны дьоммутун чиэстиибит! Кинилэр ситиһиилэриттэн үөрэбит, оҥорбут үтүөлэринэн киэн туттабыт! Дойдубут норуоттарын сомоҕолоһууларын сылыгар, Өрөспүүбүлүкэбитигэр биллэриллибит Култуура сылыгар айымньылаахтык, умсугуйан туран сырдык кэскилбит иннигэр, уопсай соругу ситиһэргэ бииргэ түмсэн, сомоҕолоһон айыаҕыҥ,тутуоҕуҥ! Өссө төгүл Ыам ыйын 1 күнүнэн барыгытын итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Эһиэхэ хас биирдиигитигэр чөл туругу, этэҥҥэ буолууну, бары үтүөнү баҕарабын!

