Күндү биир дойдулаахтарбын Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу аан дойдутааҕы ... — 7 июля 2026 г. в 23:04:56.553
Күндү биир дойдулаахтарбын Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу аан дойдутааҕы күнүнэн эҕэрдэлиибин! Ыал - кыахтаах уопсастыба уонна чөл туруктаах судаарыстыба төрүтэ. Ил-эйэ, итии таптал уйаламмыт, бигэ олохтоох, көхтөөх дьиэ кэргэн хас биирдии киһиэхэ тутаах суолталааҕар эрэнэбин. Улууспутугар дьиэ кэргэни өйөөһүҥҥэ туһуламмыт «Ыал саргыта” сүрүн демографическай тосхолбутун олоххо киллэриибит, Дьиэ кэргэн элбэх өҥөнү ылар Киинин салгыы күүстээхтик сайыннарыыбыт инники кэскилбит бигэ тирэҕинэн буолаллар. Бу хайысханан улууспутугар дьиэ кэргэн сыаннастарын бөҕөргөтөр, элбэх оҕолоох ыал үтүө үгэстэрин сөргүтэр, оҕо аймах толору сайдарын мэктиэлиир усулуобуйалар сылтан сыл тупсарыллан иһэллэр. Улууспут элбэх оҕолоох дьоһун-мааны дьиэ кэргэттэрэ сылын ахсын араас таһымнаах куонкурустарга кыттан, кыайыы көтөллөөх кэлиилэрэ, Российскай Федерация “Төрөппүт Албан аата”, «Дьоруой Ийэ” уордьаннарынан, “Таптал уонна бэриниилээх буолуу” мэтээлинэн, “Отцовская доблесть” бочуоттаах бэлиэнэн, улуустан түөскэ иилиллэр “Ийэҕэ махтал” бэлиэнэн, Прасковья Борисова аатынан бириэмийэнэн наҕараадаланыылара – ону бигэргэтэллэр, дьоһун ситиһии буолан, инники сайдыыбыт тулхадыйбат олугунан буолаллар. Эһиэхэ барыгытыгар, дьиэ кэргэҥҥитигэр чэгиэн, чэбдик туругу, ситиһиилэри, дьолу уонна уостубат улуу тапталы баҕарабын!

