Убаастабыллаах суол хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, ытыктабыллаах бэтэрээннэр!
Убаастабыллаах суол хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, ытыктабыллаах бэтэрээннэр! Улуус салалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан идэлээх күҥҥүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! Суол — олох хорук тымыра. Суолтан-иистэн элбэх тыын суолталаах эйгэ быстыбат ситимнээх, туллубат тутулуктаах. Суол үлэһиттэрэ – олоххо сайдыыны саҕар, уһансар салаа үлэһиттэрэ. Нам улууһугар "Уйгу Быйаҥ", "Быйаҥ", "Лигран", "Уйгу", "Суол" хааччахтаммыт эппиэтинэстээх тэрилтэлэр, кинилэри сэргэ урбаанньыттар В.И. Соловьев, Е.В. Егоров, Д.А. Сандулин, К.К. Протопопов, И.В. Сивцев, Е.С. Кириллин сыралаах үлэлэринэн суолбут туруга тупсар, айан сыыдамсыйар, нэһилиэнньэҕэ наадалаах табаар, таһаҕас кэмигэр тиэрдиллэр, дьон олоҕун хаачыстыбата тупсар. Кинилэр куйааһы, тымныыны аахсыбат кыһамньылаах үлэлэринэн суолларбыт өрөмүөннэнэллэр, саҥардыллаллар, аспаалланаллар. Бу үлэлэр Дойдубут Президенэ Владимир Путин көҕүлээбит «Куттала суох хаачыстыбалаах суол» национальнай бырайыагынан бараллар. Билиҥҥи кэмҥэ Хатырыкка диэри аспаал суол олоххо киирэн улууспут дьонун-сэргэтин олоҕун хаачыстыбата биллэ үрдээтэ. Күндү суол хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ, ытыктабыллаах бэтэрээннэр! Эһиги сыралаах үлэҕит улууспут инники сайдыытыгар күннэтэ улахан кылааты киллэрэр. Бу бырааһынньык күн эһиэхэ бука барыгытыгар истиҥ махталбын тиэрдэбин. Кытаанах доруобуйаны, эйэлээх халлааны, дьиэ кэргэҥҥитигэр этэҥҥэ буолууну уонна үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабын! Убаастабылы кытта, “Нам улууһа” муниципальнай оройуон баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцов