🍃🍃🍃🍃🍃🍃🍃🍃🍃🍃 — 28 июня 2026 г. в 09:10:45.048
🍃🍃🍃🍃🍃🍃🍃🍃🍃🍃 Хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа, Саха АССР бастыҥ ыанньыксыта, Чурапчы улууһун Арыылааҕыттан төрүттээх, Бахсы нэһилиэгэр сүктэн кэлбит, Алаҕар нэһилиэгэр олохсуйбут Прасковья Семеновна Сыромятникова – Боккуойа 105 сааһын көрсө биирдиилээн дьоҥҥо “БОККУОЙА КИЛИЭБЭ” – тимир илиискэ буспут килиэп күрэҕин балаһыанньата: Буолар күнэ: от ыйын 4 күнэ, күнүс 14ч. 00 м. Буолар сирэ: “Аҥхай” сайылык. 🟠Күрэххэ ким баҕалаах, сааһыттан хааччаҕа суох кыттар. 🟠Килиэбин дьиэтигэр буһаран аҕалар. Кирпииччэ оһоххо буспут килиэп биһирэнэр. 🟠Сыаналанар: килиэп төһө үллүбүтэ, сымнаҕаһа, амтана. 🏆Күрэх түмүгүнэн I, II, III миэстэлэр тахсаллар. Кыайыылаахтар сыаналаах бирииһинэн наҕараадаланаллар👏🏻 📍Тэрийээччилэр: Прасковья Семеновна Сыромятникова – Боккуойа оҕолоро, сиэттэрэ, хос сиэттэрэ ☎️ Б.н:8 (914) 224-30-58 (Сивцева П. Ф)

