Улуу Кыайыы 81 сылын көрсө оскуолабытыгар былааннаах үлэ ыытылынна. Ол курдук, үөрэнээч... — 11 мая 2026 г. в 03:47:35.749
Улуу Кыайыы 81 сылын көрсө оскуолабытыгар былааннаах үлэ ыытылынна. Ол курдук, үөрэнээччилэр уонна учууталлар көхтөөх кыттыылаах «Ол сыллар дуораннара» диэн өй күрэҕэ, «Уруй! Улуу Кыайыыга!» илиинэн оҥоһук уонна уруһуй күрэхтэрэ, ону тэҥэ «Кыайыы сүүрүүтэ» хамаанданан эстафета тэрилиннэ. Өй күрэҕэр оҕолор Аҕа дойду Улуу сэриитин устуоруйатын, дьоруойдарын, саха буойуннарын хорсун быһыыларын туһунан билиилэрин тургуттулар. Илиинэн оҥоһук уонна уруһуй күрэхтэригэр оҕолор айар дьоҕурдарын, фантазияларын туһанан, Улуу Кыайыы тиэмэтигэр ураты ис хоһоонноох үлэлэри оҥордулар. «Кыайыы сүүрүүтэ» эстафетаҕа хамаандалар биир сомоҕо буолан, илин-кэлин түсүһэн, успуорду уонна доҕордоһууну түстүүр тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытыннылар. Бу тэрээһиннэр барыта Улуу Кыайыы суолтатын, көлүөнэлэр ситимнэрин бөҕөргөтөр, оҕолорго патриотизм тыынын иҥэрэр, төрөөбүт дойдуга тапталы үөскэтэр сыаллаах ыытылыннылар. Күрэхтэргэ кыттыбыт, тэрийсибит бар дьоммутугар махтанабыт!

