💐Быйыл республикаҕа оҕо библиотеката тэриллибитэ 85 сылынан ыытыллыбыт “Республика оҕо...
💐Быйыл республикаҕа оҕо библиотеката тэриллибитэ 85 сылынан ыытыллыбыт “Республика оҕо библиотекатын бастыҥ үлэһитэ” күрэххэ улуустааҕы оҕо библиотекатын кылаабынай библиотекара Надежда Васильевна Гоголева кыайыылаах тахсан, 1 миэстэ буолла уонна “Уопсастыбаннай билинии” анал аатынан бэлиэтэннэ. Кинини тэҥэ улуустааҕы оҕо библиотекатын сэбиэдиссэйэ Вера Алексеевна Портнягина “СӨ библиотечнай тиһигин сайдыытыгар кылаатын иһин” анал бэлиэни тутта. Үүнэр көлүөнэ сайдыытыгар кылааттарын киллэрэн, айымньылаахтык үлэлии сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар үрдүк ситиһиилэринэн эҕэрдэ! 📲Мах-каналбытыгар сурут ⬇️ https://max.ru/channel_ua_murusahargata 🌐 https://мюрюгазета.рф/ ✅ @uamurusahargata @ulusmedia