Ыам ыйын 28 күнэ — Пограничник күнэ!
Ыам ыйын 28 күнэ — Пограничник күнэ! Бүгүн дойдуну харабыллыыр ытык иэһин чиэстээхтик толорбут пограничниктар Боевой Слава түмэлигэр (Музей Боевой Славы) мустан, сырдык кэриэстэбиллэрин бэлиэтээн мас олортулар. Бу сиэр-туом, кэлэр көлүөнэҕэ ытыктабылы, хорсун быһыыны уонна дойдуга бэриниилээх буолууну кэриэстээн хаалларар дириҥ суолталаах. Службаҕа бэриниилээх буолуугут иһин махтал! Эһиэхэ уонна дьиэ кэргэҥгитигэр чэгиэн туругу, эт-хаан тулуурун, хорсун санааны уонна ыраас халлааны баҕарабыт!