Бу намыын чуумпуга, — 10 июня 2026 г. в 01:41:14.816
Бу намыын чуумпуга, Бу наҕыл киэһэҕэ Түннүккэ сыстаҥҥын иһийэн олорон Саныырын буолуо дуо? Саспыты, ааспыты, Күдэрик быыһыгар Көппүтү, саспыты. Бу Күннээх сарсыарда, Бу куйаас күннэргэ Ахтарын буолуо дуо? Ол күндү кэмнэри, Сүрэхтэн сүппэтэх Сэргэх саас күннэри. Кыһынны кырыалаах түүннэргэ, Сайаҕас салгыннаах сааскы да күннэргэ Умнуон дуо,Эн ама ол Дьоллоох саастаргын, Кэрэгэ дьулуурдаах Ол Көмүс Күннэргин. Михаил Скрябин, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Дьаҥхаады нэһилиэгин олохтооҕун хоһоонугар, Саргылана Макарова ИИгэ түһэрэн ыллаппыт. @ulusmedia

