Ытыктабыллаах Иннокентий Егорович, үрүҥ халааттаах аанньалларбыт, доруобуйа харыстабылы... — 21 июня 2026 г. в 07:08:51.531
Ытыктабыллаах Иннокентий Егорович, үрүҥ халааттаах аанньалларбыт, доруобуйа харыстабылын эйгэтин бары үлэһиттэрэ, ытык-мааны бэтэрээннэрбит! 🔹Эһигини бүгүҥҥү идэлээх күҥҥүтүнэн – Доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин күнүнэн улууспут үтүө үлэһит дьонун-сэргэтин, салалтатын ааттарыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин! 🔹Күннэтэ дьоммут-сэргэбит, кэнчээри ыччаппыт доруобай, чэгиэн сылдьалларын туһугар кыһамньылаах, бэриниилээх үлэҕит, тулуургут-дьулуургут иһин улууспут олохтоохторун ааттарыттан дириҥ махталбытын, ытыктабылбытын тиэрдэбин. 🔹Тус бэйэҕитигэр, чугас дьоҥҥутугар этэҥҥэ буолууну, бигэ туругу, эйэлээх халлааны, бары үтүөнү баҕарабын! Инникитин даҕаны эhигини куруутун дьон махтала арыаллаатын, күүскүтүгэр күүс эптин, үлэҕитигэр-хамнаскытыгар ситиһии эҥээрдэстин, дьол-соргу тосхойдун диэн алгыс тылбын аныыбын. 💬 @dmitriytikhon0v 📲МАХ сыһыарыыга суруттар- https://max.ru/id1415008873_gos2

