Ытыктабыллаах улууспут олохтоохторо! — 14 мая 2026 г. в 23:33:21.598
Ытыктабыллаах улууспут олохтоохторо! 🔹Ыам ыйын 15 күнүн сарсыардатын туругунан, муус хамсааһынын аллараа кырыыта Хаҥалас улууһун Исит бөһүөлэгин аннынан устара бэлиэтэнэр. 🔹Биһиги улууспутугар уонна Дьокуускайга эрдэтээҥҥи сабаҕалааһынынан ыам ыйын 16-17 күннэригэр муус хамсааһына күүтүллэр диэн этиллибит эбит буоллаҕына, Саха сиринээҕи күнү-дьылы кэтиир сулууспа өрүскэ суһаллык үөскүүр көстүүгэ олоҕуран Ороссолуода-Дьокуускай туһаайыыларынан ыам ыйын 15-16 күннэригэр муус хамсыырын иһитиннэрдэ. 🔹Бу кэмҥэ барыгытын сэрэхтээх буоларга ыҥырабын, бэйэҕитин чугас дьоҥҥутун харыстааҥ. 🔹Бу күннэргэ бары нэһилиэктэр, улуус дьаһалтатын, суһал сулууспа эппиэттээх үлэһиттэрэ күүһүрдүллүбүт ирдэбилинэн үлэлииллэр. Дьонум-сэргэм этэҥҥэ буолуҥ! 📱 @dmitriytikhon0v 💬МАХ сыһыарыыга суруттар- https://max.ru/id1415008873_gos2

