💚От ыйа - Аан Алахчын ыйа☀️🌿 — 1 июля 2026 г. в 01:36:08.301
💚От ыйа - Аан Алахчын ыйа☀️🌿 От ыйа — сайын үгэнэ, сайын оройо. От-мас сибэккитэ, туораҕа ситэр. Үрэх кытылыгар сардаана сибэкки тэтэрэ кыыһар. Чараҥнарга дьэдьэн буһар, сыһыы, үрэх саҕатыгар хаптаҕас, моонньоҕон ситэр. Сир аайы сибэкки ыһыаҕа. Көтөрдөр оҕолорун көтүтэллэр. Саха сиригэр от хомуура саҕаланар. Отчуттар аҕыс ыйдаах ыарахан кыстыгы эрэйэ суох туоруур туһугар элбэх оту оттуурга дьулуһаллар.

