Ыам ыйын 8 күнүгэр, Улуу Кыайыы Күнүн көрсө, уһуйааммыт улахан-бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕоло... — 13 мая 2026 г. в 06:56:02.808
Ыам ыйын 8 күнүгэр, Улуу Кыайыы Күнүн көрсө, уһуйааммыт улахан-бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоро Алдан нэһилиэгэр буолбут дьоро кэнсиэргэ көхтөөхтүк кыттан, кэлбит дьону үөрдэн-көтүтэн, бэйэлэрин талааннарын көрдөрдүлэр. Кырачааннарбыт хорсун буойуннарбытыгар анаан ырыанан-тойугунан эҕэрдэлээн, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар. 🙌🏽🤗

