МБДОУ "Центр развития ребенка - детский сад №3 "Уруйэчээн"
Лайфстайл · 1 июля 2026 г.
☀☀☀ От ыйа – Аан Алахчын ыйа. — 1 июля 2026 г. в 00:49:17.570
☀☀☀ От ыйа – Аан Алахчын ыйа. Сайын үгэнэ, от үлэтин саҕаланыыта, Саха сиригэр Аан Алахчын Хотун ыйа диэн ааттанар. Бу ый айылҕата муҥутуур ситиитэ, дьон-сэргэ ходуһаҕа тахсар кэмэ уонна сиэр-туом, үгэс кэмэ буолар. 🌿🌿🌿 От ыйын уратылара уонна үгэстэр: 🌿☀Айылҕата: Чараҥҥа дьэдьэн буһар, үрэх кытылыгар сардаана сибэкки тэтэрэ кыыһар.Отчуттар түһүмэхтэрэ: Бу ыйга ыарахан кыстыгы туоруурга аналлаах от хомуура саҕаланар. Отчуттар үс кэми бэлиэтииллэр:12 күнүгэр диэри — Тунах куйааһа.13 – 20 күннэрэ — Саары куйааһа.21 күнүттэн ый бүтүөр диэри — Хаптаҕас куйааһа.Сүрүн бэлиэ күн: От ыйын 12 күнүгэр Бөтүрүөп күнэ бэлиэтэнэр. Былыргылар бу күн окко киирэр кэми, сайын ортотун бэлиэтииллэрэ. Билгэлээһин быһыытынан, бу ый хайдах ааһарыттан кэлэр кыһын, үүнүү уонна айылҕа балаһыанньата тутулуктаах.

