'Дорообо дьыссаат' балаҕан ыйын 11 кунугэр 'Тииҥчээн' бөлөххө бэрт сэргэхтик ааста.Гру... — 14 сентября 2026 г. в 15:42:01.242
'Дорообо дьыссаат' балаҕан ыйын 11 кунугэр 'Тииҥчээн' бөлөххө бэрт сэргэхтик ааста.Группабыт иһигэр глобустан саҕалаан элбэҕи ирэ-хоро кэпсэтэн, дьыссааттарын ахтыбыттарын бэлиэтээн бокуойа суох бэйэ-бэйэлэрин кытта бодоруһаннар оонньоотулар даҕаны ,уруьуйдааннар кырыйдылар даҕаны,бэйэ -бэйэлэригэр бэлэхтэстилэр даҕаны, иитээччилэрин даҕаны умнубатылар.Таһырдьа тахсаммыт бзлзмнзнии бөлөх оҕолорун кытта Битээлий Ачыырап ырыатынан бары тэҥҥэ хамсанан үнкүүлээн тэйэн ыллылар, барыларын хомуйа тардан уйулҕа исписэлииһэ Варвара Петровна таабырын эйгэтин тэрийэн оҕолор интириэстэрин тарта. Оҕолор олус үөрэн, дуоһуйа астыннылар. Сонуну суруйда иитээччи Феврония Ивановна

