👍 В.В. Алексеев аатынан Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларыгар билиҥҥи кэмҥэ тоҕоостоох ха... — 21 июля 2026 г. в 00:12:07.439
👍 В.В. Алексеев аатынан Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларыгар билиҥҥи кэмҥэ тоҕоостоох хайысхалаах “Медиа-сайын” лааҕыр ситиһиилээхтик үлэлээтэ. Гимназия оҕо сынньалаҥын тэрийиигэ техническэй ис хоһоонноох үлэтин уопутун сайыннаран, быйылгы лааҕыр үлэтэ-хамнаһа саҥалыы тыыннаан тэриллибитэ кэрэхсэбиллээх. Лааҕыр үлэтин сүрүн тосхолунан оҕо самаан сайыҥҥа дуоһуйа-астына сынньанарын быыһыгар аныгы технология эйгэтигэр айар медиа сатабылларыгар үөрэниитэ буолар. Ол курдук сүрүннээн информацияны видео, аудио, ойуу эбэтэр тиэкис халыыбыгар оҥорон таһаарыы – контент оҥоһуута буолар. Оҕолор контент бэрт элбэх үлэттэн ситэн-хотон тахсарын өйдөөтүлэр. Кинилэр хаартыскаҕа уонна видеоҕа түһэрии, видеоны уларытыы (редактирование), медиа-контены толкуйдаан, айан таһаарыы, дьон болҕомтотун тардар гына саҥарыы кистэлэҥнэригэр үөрэннилэр. Өссө инники олохторугар олус наадалаах хамаандаҕа үлэ үөрүйэхтэрин иҥэриннилэр. Хас биирдии оҕо тус бэйэтэ медиа-бырайыак оҥорон көмүскээтэ. Лааҕыр хас биирдии күнэ чааһыгар тиийэ торумнанан элбэх дьарык, ыалдьыттары кытта көрсүһүү, күрэхтэһии, о.д.а. тэрээһин ыытыллан ый аҥара биллибэккэ элэс гынна. Биллэн турар, саҥа доҕоттор, саҥа санаалар, саҥа ырыалар оҕолорго умнуллубат өйдөбүл буоллахтара. Сиһилии “Уолан” түмэл эйгэ салайааччыта Наталия Бурцева ⬇️ БАТТАА 📲Мах-каналбытыгар сурут ⬇️ https://max.ru/join/3C9ZQLhT3NOAcTqvoqV7q1JihA40sSL8ZGoFY5jwqMU 🌐https://мюрюгазета.рф/ ✅ @uamurusahargata @ulusmedia

