Олунньу ый 2 күнүгэр Хоро нэһилиэгэр — 26 февраля 2026 г. в 04:46:24.657
Олунньу ый 2 күнүгэр Хоро нэһилиэгэр Саха омук саргытын салайар *"Ый оһуохайа"* бырайыакпыт айар дьылга "Олунньу Одун ыйын оһуокайа" түһүлгэбитин ыыттыбыт. Бу тэрээһиммитигэр олунньу ый уратытын, туох суолталааҕын быһааран, Василий Иванов олунньу ый алгыһын оҥорон, кэлбит дьоннорбутун арчылаата, ыраастаата. Бу тэрээһиммитигэр ыҥырыыбытын ылынан Үөһээ Бүлүү улууһуттан "Күн оһуохайа" телевизионнай проекка ситиһиилээхтик кыттыбыт оһуохайдьыттар (сал. Марианна Хобусарова) уонна "Оһуохай" фольклорнай кружок оҕолоро кыттыыны ылан сүргэлэрэ көтөҥүллэн туран оһуокайдаан ойдулар, эһиэкэйдээн тэйдилэр.

