МӨҤҮРҮӨН НЭҺИЛИЭГЭР САҤА БАҺААРЫНАЙ ЧААС АРЫЛЫННА
МӨҤҮРҮӨН НЭҺИЛИЭГЭР САҤА БАҺААРЫНАЙ ЧААС АРЫЛЫННА Бүгүн, бэс ыйын 25 күнүгэр, Мөҥүрүөн нэһилиэгэр олус улахан суолталаах түгэн буолла – саҥа баһаарынай чаас үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна. Бу эбийиэк тутуллан, нэһилиэк олохтоохторо куттала суох, чуумпу олоххо олороллоругар эрэллэрэ өссө үрдээтэ. Үөрүүлээх түгэҥҥэ улуус баһылыга Дмитрий Тихонов нэһилиэк олохтоохторун, баһаарынай чаас үлэһиттэрин итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэ. Саҥа баһаарынай чаас 10 үлэһиттээх, эрэбиллээх 2 тиэхиньикэ массыыналаах. Чаас начаалынньыгынан Афанасий Ченьянов үлэтин саҕалаата. Онон, бу күнтэн ыла Мөҥүрүөн нэһилиэгин дьонун олоҕун-дьаһаҕын өссө бөҕөргөтөр, өрүү бэлэм буолар күүс баар буолла. Бу суолталаах эбийиэги ООО НПП «НИКОМ» тэрилтэ салайааччыта Николай Литвинцев салайан тутан таһаарда. Нэһилиэкпит куттала суох буолуутун хааччыйыыга сүдү кылааттарын киллэрбит бары тутааччыларга, өйөөн-көмөлөһөн кыттыспыт дьоҥҥо махталбытын тиэрдэбит! Мэҥэ Хаҥалас улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата