🔹Бүгүн Сулустар үлэлээбиттэрэ биир сыл буолла, уолаттарбытыгар махтанан туран таһаарыы... — 26 июля 2026 г. в 01:38:19.734
🔹Бүгүн Сулустар үлэлээбиттэрэ биир сыл буолла, уолаттарбытыгар махтанан туран таһаарыылаах үлэни баҕарыаҕыҥ! 🔹Кынаттаах Сулус! Өлүөнэ эбэбит Долгунун үрдүнэн, Күүс-уох ылынан дайдаран, Норуот туһугар тэриллэн, Сулустар ааллара усталлар. Уонунан сылларга Эбэни уҥуордуур Түспэтэх сыананы Сулустар кэлэннэр Түһэрэн үөртүлэр. Айанньыт махталын Ылыаҕын ыллылар. Дьон-сэргэ туһугар Үлэлиир эрэттэр Атыннык, Үтүөтүк, Хамсанар эбиттэр! Бар дьоммут алгыһын, Тирэҕин ылаҥҥыт, Үлэлээҥ уолаттар Үлэлээҥ хотойдор, Бу кэмҥэ көрдөрүҥ Олохпут хаамыытын Оҥорор кыахпытын. Кэскили түстэһэр Түмсүүбүт ис кыаҕын! 📱@dmitriytikhon0v 📲МАХ сыһыарыыга суруттар- https://max.ru/id1415008873_gos2

