Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ!
Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх байыаннай дьайыы бэтэрээннэрэ! Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини "Байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин күнүнэн" ис сүрэхпиттэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Бу күн – эһиги дойдубут инники кэскилин туһугар оҥорбут хорсун быһыыгытын, кыайыыгытын-хотуугутун, олоххутун харыстаабат тулуургутун, сындалыйбат дьулуургутун ахтар-саныыр, үрдүктүк сыаналыыр ытык күн. Эһиги бэриниилээх сулууспаҕыт, эйэлээх олоҕу уонна дойдубут көмүскэлин хааччыйаргыт – барыбытыгар холобур, кэлэр көлүөнэҕэ үтүө үөрэх буолар. Хааннаах кыргыс толоонугар хорсуннук сэриилэһэн, эйэлээх олоҕу олохтооһуҥҥа киллэрбит кылааккыт – сыаната суох. Биһиги эһиги геройдуу быһыыгытынан киэн туттабыт, дириҥник махтанабыт! Күндү бэтэрээннэрбит ааттара үйэлэртэн үйэлэргэ ааттана турдун! Барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну, эйэлээх олоҕу баҕарабын! Эһиги дьиэ кэргэттэргитигэр, чугас дьоҥҥутугар ыраас таптал, бигэ тирэх, дьоһун олох тосхойо турдун! Махтал! Уруй-Айхал! Ис сүрэхтэн ытыктабылы кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев #Байыаннайдьайыыбэтэрээнэ #Патриотизм #Махтал