Бүгүн, бэс ыйын 30 күнүгэр, саха дьонун олоҕор, дьаһаҕар саҥа кэрдииһи арыйар, олохтоох... — 30 июня 2026 г. в 02:00:26.952
Бүгүн, бэс ыйын 30 күнүгэр, саха дьонун олоҕор, дьаһаҕар саҥа кэрдииһи арыйар, олохтоох бэйэни салайыныы саҥа, 33-с нүөмэрдээх Федеральнай сокуонугар олоҕуран, Маҥаас нэһилиэгин баһылыгынан Күннэй Николаевна Дьячковская талылынна. Бу түгэн Маҥаас нэһилиэгин эрэ буолбакка, бүтүн Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоох бэйэни салайыныытын тиһигэр улахан суолтаны ылар. Биһиги улууспутугар аан маҥнайгытын саҥа сокуон чэрчитинэн быһылык талылынна, уонна Маҥаас нэһилиэгэ баһылыктары талыы саҥа механизмҥа көспүт бастакы нэһилиэгинэн буолла. Маҥаас нэһилиэгин Сэбиэтин уочарата суох сиэссийэтин түмүгүнэн, дьокутааттар биир санаанан Күннэй Николаевна Дьячковская кандидатуратын өйөөн, кинини биэс сыл болдьоххо баһылык солотугар анаатылар. Күннэй Николаевнаҕа эппиэтинэстээх үлэтигэр ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны, дьулуурдаах, айымньылаах, көдьүүстээх түмүктэри баҕарабын! Маҥаас нэһилиэгэ кини салалтатынан өссө сайдыы, чэчирии турдун! Ытыктабылы кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга В.В. Николаев. #МаҥаасНэһилиэгэ #СаҥаБаһылык #КүннэйДьячковская #ОлохтоохБэйэниСалайыныы #ҮөһээБүлүү #Сайдыы

