*Сайыҥҥы биир күн дьылы аһатар.* — 31 июля 2026 г. в 04:13:41.107
*Сайыҥҥы биир күн дьылы аһатар.* Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгэ 2026 сылга 533 тонна оту оттуур былааннаах. От ыйын устата уһун кэмҥэ ардахтаах күннэр тураннар, от үлэтин атаахтаабыттара бүгүн кимиэхэ даҕаны сонун буолбатах. От ыйын 29 күнүнээҕи туругунан КФХ Петр Кардашевскай, элбэх ынах сүөһүлээх Иван Егоров, Айтал Васильев, сылгы хаһаайыстыбалаах Андрей Прокопьев ардах тохтообут күннэриттэн от үлэтин саҕалаатылар. От үлэтигэр барыта 11 трактор, 15 киһи үлэлии сылдьаллар. Бэҕэһээ Иван Егоров көҕүлээһининэн өрүс арыытыгар оттуур дьоннор бэйэлэрэ харчы бырахсан, 2 камаз массыына гравий аҕалан "Тас төбүлэх " диэн сиргэ куттаран, оттуур техника туоруур сирин оҥордулар. *Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга Степан Дмитриев.* *От ыйын 29 күнэ 2026 сыл.*

