Саас кэлэн, оҕолор таһырдьа талаһаллара элбээтэ. Ол курдук саамай интэриэһинэй тулалыыр... — 24 апреля 2026 г. в 07:37:53.771
Саас кэлэн, оҕолор таһырдьа талаһаллара элбээтэ. Ол курдук саамай интэриэһинэй тулалыыр эйгэни кэтээн көрөөһүн, дэриэбинэ устун экскурсия буолар. Дэриэбинэбит иһигэр араас элбэх көлө кэлэрин барарын көрөбүт. Оҕолор кыра эрдэхтэриттэн суол быраабылатын үөрэтэр сыаллаах суолга турар бэлиэлэри үөрэтэбит уонна суоппардар төһө суол быраабылатын тутуһалларын кытары кэтээн көрөбүт. Массыына суолга поворот бириэмэтигэр хайаан да поворотник бэриллиэхтээх. Оҕолор, суоппардар поворотниктарын холбуулларын уонна холбооботторун бэлиэтииллэр. Ол курдук, бүгүн 8 араас көлөнү бэлиэтээтибит. Онтон аӈара эрэ повороткатын холбоото. Суоппар повороткатын эрдэттэн биллэрдэҕинэ, сатыы киһиэхэ куттал суох буолара биллэр. Бу маннык суолга буола турар быһыыны сыаналыы үөрэнэллэр. Уонна оҕолор суол хамсааһынын быраабылаларын билэр буола улааталларын ситиһии буолар.

