13 биэнсийэни олохтуур этиини өрө көтөхтүлэр — 4 июня 2026 г. в 10:16:39.911
13 биэнсийэни олохтуур этиини өрө көтөхтүлэр РФ Судаарыстыбаннай Дуума үлэҕэ социальнай бэлиитикэҕэ уонна бэтэрээннэр дьыалаларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Николай Коломейцев Россияҕа 13 биэнсийэни олохтуурга этии киллэрдэ. Онуоха биэнсийэттэн эрэ дохуоттанан олорор дьоҥҥо судаарыстыбаттан ананар суолталаах социальнай көмө буолуо этэ диэн эбэн эттэ. Итиэннэ маннык төлөбүрү сокуонунан бигэргэтэн олохтооһун, оҕолоруттан, аймахтарыттан көмө ылбат аҕам саастаахтарга табыгастаах буолуон сөбүн бэлиэтээтэ.

