Партизаҥҥа байыастарга хаххалыыр сиэккэлэри баайаллар
Партизаҥҥа байыастарга хаххалыыр сиэккэлэри баайаллар Нам улууһун Партизан нэһилиэгэр анал байыаннай дьайыыга сылдьар хорсун буойун уолаттарга хахха, көмүскэл буоллун диэн маскировочнай сиэккэлэри өрөллөр. Үлэни нэһилиэк дьахтар сэбиэтэ иилээн-саҕалаан тэрийэр. Бу туһунан С.Н. Стручков аатынан Албан аат музейын үлэһитэ Сардаҥа Хамаҕа кыыһа улуус дьаһалтатыгар иһитиннэрдэ. Сэтинньи саҥатыгар улуустан анал бөлөх (делегация) биир дойдулаахтарбытын көрсө уонна хомуллубут гуманитарнай көмөнү тиэрдэ барара былааннанар. Онон сибээстээн, улуус бары нэһилиэктэригэр маскировочнай сеткалары өрүү үлэтэ ыытыллар.