«Дьокуускай — Аллараа Бэстээх» хайысханан 13 паром устар
«Дьокуускай — Аллараа Бэстээх» хайысханан 13 паром устар Росморречфлот дьаһалынан Дьокуускай куорат учаастагар Өлүөнэ өрүскэ навигация кэмэ түмүктэннэ. Алтынньы 20 күнүнээҕи туругунан, гидрологическай балаһыанньаны учуоттаан туран, «Дьокуускай — Аллараа Бэстээх» хайысханан 13 паром сайыҥҥы араспысаанньанан штатнай эрэһииминэн үлэлиир. Бу туһунан СӨ Тырааныспарга министиэристибэтэ иһитиннэрэр. Хаартыска: Семен Аммосов/«Саха» НКИХ https://nvk-online.ru/dokuuskaj-allaraa-besteeh-hajyshanan-13-parom-ustar/