САХА ТЕАТРЫГАР ПРЕМЬЕРА! 🎭 — 8 июля 2026 г. в 07:04:43.229
САХА ТЕАТРЫГАР ПРЕМЬЕРА! 🎭 "ТҮҮЛ УҤУОР КЫТЫЛА" Н. ЛУГИНОВ От ыйын 10, 11, 12 күннэригэр Режиссер Андрей Борисов Кыраныыссаҕа сулууспалаан кэлбит У Синь төрөөбүт дэриэбинэтигэр хаалымаары атыы-эргиэн киинигэр кырдьаҕас оҥочоһукка эрдииһитинэн үлэҕэ киирэр. Киэҥ сир угуйар абылаҥа, көрдөөх көстүүнэй күлүмнүүр уоттара эдэр киһи сүрэҕэр баайга-дуолга талаһар ымсыыны уһугуннараллар. Түүл уонна илэ чараас кирбиитигэр хаайтарбыт У Синь түүл уҥуор кытылын булуо дуо? Киһи олоҕо түүл дуу, илэ дуу? Кини хантан билиэй бу билигин түһүү сытарын дуу, дьиҥ илэ буола турарын дуу? 🎭 От ыйын 10 күнүгэр 18:00 ч. 🎭 От ыйын 11, 12 күннэригэр 17:00 ч. 🎫Онлайн билиэттэр: https://iframeab-pre5643.intickets.ru/event/72727411 ⭐️Пушкинскай каарта 🏛️Театр каассата күн ахсын өрөбүлэ, тохтобула суох 10:00-18:00 ч. үлэлиир ☎️Билсэр төл: 34-13-31

