Ытыктабыллаах Николай Иванович! — 19 августа 2026 г. в 00:21:04.851
Ытыктабыллаах Николай Иванович! Эйигин, РФ үтүөлээх тутааччытын, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин, “СӨ суолун хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ”, “Россия бочуоттаах суол тутааччыта” знактар туһааннаахтарын, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕун, Федеральнай "Бүлүү" суол Управлениетын салайааччытын, 60 сааскын туолар үбүлүөйдээх күҥҥүнэн Сунтаар улууһун дьаһалтатын, улуус депутаттарын Сэбиэтин уонна тус бэйэбит ааппытыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Николай Иванович, отут биэс сыл устатыгар эн үлэҥ-хамнаһыҥ Саха сирин суолун тутуутун кытта ыкса сибээстээх. Эн быһаччы салайыыгынан Халыма уонна Бүлүү федеральнай трассаларын сайыннарыы, өрөмүөннээһин, көрүү-истии үлэтэ ыытыллар. Сунтаар улууһун нөҥүө Бүлүү улуустарын хорук тымыра “Бүлүү” федеральнай суол ааһар. Бу суол биһигини киин сири кытта ситимниир буолан, улууспут олоҕо социальнай, култуурунай, өй-санаа, экэниэмикэ өттүнэн сайдыытыгар олус улахан суолталаах. Киэҥ билиигитин, баай уопуккутун туһанан сатабыллаахтык салайар үлэҕит түмүгэр бу “Бүлүү” федеральнай суол асфальт тэлгэнэн бөҕөргүүрүн, кэмиттэн кэмигэр өрөмүөннэнэн иһэрин сыаналыыбыт уонна суолу оҥорооччуларга махтанабыт. Николай Иванович, бу үбүлүөйдээх күҥҥүнэн Эйиэхэ чэгиэн доруобуйаны, өссө үрдүк ситиһиилэри, айымньылаах үлэни баҕарабыт! Дьиэ кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну, эйэлээх олоҕу! Сунтаар улууһун баһылыга А.В. Григорьев Улуус депутаттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ У.Д. Попова

