Ытыктабыллаах Ариан Андреевич-Иилиҥкэй!
Ытыктабыллаах Ариан Андреевич-Иилиҥкэй! Эйигин, үтүө-мааны, ытыктыыр киһибитин, 90 сааскын туолбут өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн "Сунтаар улууһа (оройуона)" муниципальнай оройуон дьаһалтатын, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин уонна тус бэйэбит ааппытыттан истиҥник эҕэрдэлиибит! Эн Саха сирин култууратын уонна үөрэҕириитин сайдыытыгар сүдү кылаатын киллэрбит, дьоһуннаах олохтоох дьоммут биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэҕин. Мелодист, оҕо бэйиэтэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, Элгээйи, Толоон нэһилиэктэрин, Сунтаар улууһун бочуоттаах олохтооҕо буоларыҥ Эн баай олоххун, элбэх талааҥҥын туоһулуур. Айар үлэҥ нөҥүө Эн оҕо-аймах дууһатыгар кэрэни, үтүөнү үөскэттигит, тапталы, эрэли иҥэрдигит. Эн айбыт ырыаларыҥ, хоһоонноруҥ саха норуотун култууратын баайын элбэттилэр, биһиги олохпут аргыһа буоллулар. Бу 90 сааһыҥ – Эн дьоһуннаах олоҕуҥ, үтүө үлэлээх сылларыҥ, айымньылаах суолуҥ бэлиэтэ. Эн олорор олоҕуҥ холобура эдэр ыччаппытыгар айымньылаахтык үлэлээһиҥҥэ, айар дьоҕуру сайыннарыыга, төрөөбүт дойдуну таптыырга ыҥырар. Бу бэлиэ күҥҥэ Эйиэхэ чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну, үүнүү-сайдыы, айымньылаах үлэҕитигэр саҥа ситиһиилэри уонна уһун үйэлээх олоҕу баҕарабыт! Сунтаар улууһун баһылыга А.В. Григорьев Улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ У.Д. Попова