*Аҕа саастаах дьон устуоруйатын үйэтитии: Сунтаарга саҥа бырайыак олоххо киирэр*
*Аҕа саастаах дьон устуоруйатын үйэтитии: Сунтаарга саҥа бырайыак олоххо киирэр* 🔹️🔹️🔹️Сунтаар улууһугар нэһилиэктэр саамай кырдьаҕас, ытык олохтоохторун үйэтитиигэ туһуламмыт улахан үлэ күүскэ баран эрэр. Бу үтүө дьыаланы биллэр блогер Тускулаана Горохова-Кобельянова көҕүлээбит, оттон улуус дьаһалтата бука барытыгар күүс-көмө, өйөбүл буолар. Бырайыак сүрүн сыалынан хас биирдии нэһилиэк киэн туттар кырдьаҕастарын үйэтитэн, олохторун, үлэлэрин-хамнастарын туһунан улахан биэрии оҥоһуллуохтаах. Ити сыалтан анал бөлөх өрүү суолга сылдьар: кырдьаҕастары видеоҕа устан, хаартыскаҕа түһэрэн, үйэлээх өйдөбүнньүгү хаалларыахтаах. Бырайыак кыттыылаахтарын уочараттаах сырыыта улуус араас нэһилиэктэрин көрдө. Бүгүҥҥү күн туругунан, бу хайысхаҕа саамай аҕа саастаах ытык киһинэн Дьаархан нэһилиэгин 99 саастаах олохтооҕо Домна Ивановна буолар. Оттон бырайыак иһинэн сылдьар бөлөх көрсүбүт кырдьаҕастарыттан саамай эдэрдэрэ Тэҥкэҕэ олорор 78 саастаах олохтоох буолла. Бүгүн айан дьоно Аллыҥа нэһилиэгэр тиийэн 88 саастаах Александра Николаевнаҕа ыалдьыттаата. Кырдьаҕас эбээ сылаас сыһыанынан көрсөн, олоҕун кэрчиктэрин сэһэргээтэ. Көрсүһүү кэмигэр кырдьаҕастарга "Биир ньыгыл Арассыыйа" партия аатыттан араас бородууктанан көмө уонна соһуччу кэһии туттарыллар. Бу бырайыак кырдьаҕастарбыт үтүө ааттарын үйэтитэргэ, эдэр көлүөнэҕэ холобур оҥорорго улахан суолталаах хардыы. Үлэ салгыы барар, иннигэр өссө да элбэх интэриэһинэй көрсүһүүлэр уонна устуулар күүтэллэр. _Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата_