🔹️🔹️🔹️Тойбохой нэһилиэгин олохтооҕо, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Сергей Потапо...
🔹️🔹️🔹️Тойбохой нэһилиэгин олохтооҕо, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Сергей Потапов сулууспатын түмүктээн, төрөөбүт дойдутугар эргилиннэ. Биллэр усулуобуйанан атаҕын сүтэрбит хорсун байыаһы дойдутугар дьоһуннаахтык көрүстүлэр. Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Мирослав Иванов көрсөн, байыаска махтал тылларын тиэрдэн, инникитин социальнай өттүнэн көмө уонна реабилитация боппуруостарыгар улуус дьаһалтата уонна судаарыстыба бары күүһү ууруохтара диэн эрэннэрдэ. Сергей Потапов Тойбохой оскуолатыгар электригинэн үлэлээбитэ. Кини идэтигэр бэриниилээх, үлэһит уонна эрэллээх киһи быһыытынан биллэр. Кини хорсун быһыыта уонна дойду иннигэр өҥөтө улуус дьонугар-сэргэтигэр чахчы холобур буолар. Байыас дойдутугар этэҥҥэ эргиллиитэ - бу кини чугас дьонугар уонна бүтүн улууска улахан үөрүү. _Сунтаар улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата_