🌿🌿🌿☀️🌿🌿🌿 — 15 июня 2026 г. в 03:20:14.764
🌿🌿🌿☀️🌿🌿🌿 Бэс ыйын 20 күнүгэр ☀️ЫТЫК ТААТТА ЫҺЫАҔАР 🌿🌿🌿☀️🌿🌿 🌿Хайҕаллаах Хадаайы алааһыгар 🕜 күнүс 13ч.30 чаастан Улуус Баһылыгын бирииһигэр, нэһилиэктэр чөллөркөй куоластаах, кылыгырас кылыһахтаах, хомоҕой тыллаах бастыҥ оһуохай этээччилэрэ 🤝Арассыыйаҕа Сомоҕолоһуу, ⚜️Саха Сиригэр Култуура, 🔆Таатта улууһугар Айар Ситим, 💡Биир дойдулаахпыт, Өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ салайааччыта А.К.Андреев үбүлүөйдээх 125 сылыгар төрүттэнэр 👫👫👫👫👫👫👫 «ҮРҮҤ ТУНАХ ОҺУОХАЙА» күөн күрэстэригэр, киэҥ түһүлгэлэригэр ыҥырабыт. 🏆 КЫАЙЫЫЛААХ НЭҺИЛИЭК 100 000 солк. наҕараадаланар. ⚜️Олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын министерствотын, 💠 Алмазэргиэнбаан, ⚜️ Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин АНАЛ БИРИИСТЭРЭ күүтэллэр.

