Убаастабыллаах Уус Алдан улууһун олохтоохторо, биир дойдулаахтарбыт! — 12 июня 2026 г. в 04:17:10.910
Убаастабыллаах Уус Алдан улууһун олохтоохторо, биир дойдулаахтарбыт! Бүгүҥҥү Арассыыйа күнүнэн бука барыгытын улуус дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Арассыыйа күнэ - биһиги улуу дойдубут көҥүлүн, тутулуга суох буолуутун уонна сомоҕолоһуутун бэлиэтиир үөрүүлээх күн. Бу күн, 1990 сыллаахха, биһиги дойдубут историятыгар саҥа кэрдиис кэми бэлиэтээн, демократия уонна сайдыы суолун талбыта. Арассыыйа күүһэ – кини норуотун сомоҕолоһуутугар, биир ньыгыл санаатыгар сытар. Билигин дойдубут уустук, эппиэтинэстээх кэрдиис кэмигэр биһиги бары биир санаанан, биир күүһүнэн түмсэн, дойдубут инники сайдыытын түстүөхтээхпит. 2032 сылга Саха сирэ Арассыыйа састаабыгар киирбитэ 400 сыла бэлиэтэнэр. Онон сибээстээн билиҥҥэттэн улууска былааннаах үлэлэр саҕаланнылар. Бастатан туран историяны үөрэтии, үйэтитии, кэнчэри ыччакка тиэрдии. Өссө төгүл бүгүҥҥү бырааһынньыгынан эҕэрдэлээн туран, эһиэхэ барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны, туруктаах олоҕу, үлэҕитигэр-хамнаскытыгар ситиһиилэри, дьиэ кэргэҥҥитигэр дьоллоох олоҕу баҕарабыт! Уус Алдан улууһун баһылыга Василий Алексеев.

