Күндү биир дойдулаахтарым! Убаастабыллаах Уус Алдан улууһун олохтоохторо! — 20 июня 2026 г. в 00:08:50.398
Күндү биир дойдулаахтарым! Убаастабыллаах Уус Алдан улууһун олохтоохторо! Улуус дьаһалтатын уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини, саха норуотун саамай ытык, кэтэһиилээх бырааһынньыгынан – Үрүҥ Тунах Ыһыаҕынан ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэбин тиэрдэбин! Самаан сайын салгына сарыалдьыйан, Үрүҥ Тунах Ыһыах үөрүүтэ үксээтэ! Бу биһиги олохпутун салайар, күүспүтүн-уохпутун сааһылыыр, куйаартан кэлэр күүстэри кытта ситимниир Ытык Кэммит. Аар Айыылартан алгыс ылар, Үөһээ Халлаантан күүс-уох эбинэр, Ийэ Сиргэ сүгүрүйэр кэммит. Дойду үрдүнэн уустук балаһыанньа, анал байыаннай дьайыы буола турарынан быйыл Ыһыаҕы хааччахтаммыт быһыыга-майгыга бэлиэтиибит. Маннык эппиэтинэстээх кэмҥэ, биһиги бу ытык күҥҥэ өссө түмсүүлээх уонна биир сомоҕо буолуох тустаахпыт. Биһиги алгыспыт, үтүө санаабыт эйэни түстүүргэ, Ийэ дойдуларын көмүскүү сылдьар хорсун буойуттарбытыгар тиийэн, күүс-көмө буоллун. Ол иһин, ыһыахпыт сүрүн илдьитэ – дьиэ кэргэн сыаннаһа, чугас дьоҥҥо таптал, бэйэ-бэйэҕэ өйөбүл өссө күүһүрдүн. Күндү биир дойдулаахтарым! Үрүҥ Тунах Ыһыах үтүө алгыһа хас биирдии ыалга тиийдин! Уйгу-быйаҥ олох тэрилиннин! Сылгы-сүөһү төрүөҕэ элбээтин! Оҕо-уруу күлэр-үөрэр саҥата дьиэрэйдин! Дьиэ кэргэҥҥитигэр эйэ, дьол-соргу тосхойдун! Энчирээбэт эрчим, көҕүрээбэт күүс эҥэрдэстин! Улууспут сайда-үүнэ турдун! Этэҥҥэ буолуҥ, дьоллоох буолуҥ! ҮРҮҤ ТУНАХ ЫҺЫАҔЫНАН! УРУЙ-ТУСКУ! АЙХАЛ-МИЧИЛ! Уус Алдан улууһун баһылыга Василий Алексеев.

