🔹Баатаҕай нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афа... — 16 июля 2026 г. в 06:24:49.392
🔹Баатаҕай нэһилиэгэр өрөспүүбүлүкэ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев быйыл хас даҕаны бырагыраама үбүнэн хапытаалынайдык өрөмүөннэнэр С.Ф. Сивцев аатынан “Түмэн” норуот айымньытын киинин дьиэтигэр үлэни билистэ. Киин өрөмүөнэ, этиллибитин курдук, өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна федеральнай бырагыраамларынан олоххо киирэр. Маныаха баатаҕайдар 2022 сылтан саҕалаан бу хайысхаҕа сыралаһан үлэлэһэн, бастаан “Олохтоох нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүр” бырагырааманан толору хааччыллыыны киллэрэргэ 2 680 000 солкуобай үп көрүллүбүтэ уонна бу соторутааҕыта “Дьиэ кэргэн” национальнай бырайыагынан 14 201 508 солкуобай суумалаах үлэни ситиһэн, киин дьиэтэ истиин-тастыын олоччу өрөмүөннэнэр, толору хааччыллыылаах буолар. Миниистир сөптөөхтүк, сатабыллаахтык дьаһаныы түмүгэр улахан кээмэйдээх үлэ оҥоһуллара ситиһиллибитин бэлиэтээн, дириэктэр Людмила Готовцеваҕа, кэлэктиипкэ ситиһиилэри баҕарда, култуура улуустааҕы салалтатыгар (сал. Эльза Киренская) уонна нэһилиэк, улуус дьаһалталарыгар ирдэнэр көмөнү оҥорон иһэллэригэр сорудахтаата. 📲Мах-каналбытыгар сурут ⬇️ https://max.ru/join/3C9ZQLhT3NOAcTqvoqV7q1JihA40sSL8ZGoFY5jwqMU 🌐мюрюгазета.рф ✅ @uamurusahargata @ulusmedia

